iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: https://sah.wikipedia.org/wiki/1936
1936 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

1936

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1932 1933 1934 193519361937 1938 1939 1940
Уоннуу сыллар
1900-с 1910-с 1920-с1930-с1940-с 1950-с 1960-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1936 сыл.

  • Тохсунньу 8Ираан арҕааҥҥылыы санаалаах бэрэсидьиэнэ Реза Шах хиджабы аһаҕастык кэтиини бобор туһунан ыйаах таһаарбыт. Ол эрээри 1979 сыллааҕы Ислаам өрөбөлүүссүйэтин кэннэ Ирааҥҥа хиджаб кэтиитэ булгуччулаах буолбута.
  • Олунньу 26 — Чурапчыга У-2 сөмүлүөт түспүт. Кулун тутартан сөмүлүөт сырыыта тиһиктээх буолбут[1].
  • Олунньу 29Нильс Бор атом холбоһуктаах дьаадыратын түөрүйэтин (нууч. теория составного ядра атома) айбытын туһунан кэпсээбит.
  • Кулун тутар 3Улахан Невер тимир суол станциятыттан Дьокуускайга олунньу 4 күнүгэр арахпыт Челябинскай тыраахтар собуотугар оҥоһуллубут бастакы ЧТЗ "Сталинец - 60" тыраахтардар бэйэлэрэ айаннаан кэлбиттэр. Эспэдииссийэҕэ 7 тыраахтар, 32 киһи кыттыбыт. Соруктара — бастаан Улахан Невертэн таһаҕаһы Дьокуускайга, онтон салгыы хоту баран Турий взвоз диэн сиргэ Алдан өрүскэ мууска тоҥон хаалбыт таһаҕаһы Дьокуускайга тиэрдии этэ. Бу айан "Хаардаах бохуот" (Снежный поход) диэн ааттаммыта. Бу иннинэ ЧТЗ тыраахтар -50 кыраадыска үлэлии илигэ. Сойутар уу оннугар тыраахтырдарга кыраһыын куппуттара, гусеницатыгар анал сакааһынан оҥоһуллубут "шпоралары" кэтэрдибиттэрэ, тыраахтар мотуорун айан кэмигэр умулларбаттара, тырахтарыыстар солбуйса-солуйса үлэлииллэрэ. Челябинскайтан үс инженери командировкалатан айан кэмигэр тыраахтардар туруктарын көрдөрбүттэрэ. Иркутскайга эмиэ анал сакааһынан улахан уйуктаах сыарҕалары оҥотторбуттара. 2018 сыллаахха бу эспэдииссэйэҕэ анаан Дьокуускайга С-60 тыраахтар мэҥэтэ турбута.
  • Кулун тутар 24 — Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын ударниктарын уонна стахановецтарын 3-с сүлүөтэ саҕаламмыт (кулун тутар 28 күнүгэр түмүктэммитэ)[2]
  • Муус устар 9 — Саха АССР наркоматын быһаарыытынан "Якутстрой" трест олохтоммут. Бастакы салайааччытынан Ефим Жорницкай буолбут. Бу тэрилтэ Дьокуускайга бастакы водопроводы (1939), атахха турар бастакы таас дьиэни (1941), сыбаайаҕа турар бастакы дьиэни (1944, 9-с оскуола дьиэтэ) туппута.


  • Сэтинньи 6Испанияҕа гражданскай сэрии биир сүрүн түбэлтэтэ — Мадрид иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Бу сырыыга республиканецтар куораты ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ.
  • Сэтинньи 14ССРС-ка Гидрометеорология сулууспата тэриллибит.
  • Муус устар 3Михаил Шергин, өрөспүүбүлүкэ биллиилээх педагога, физмат кылаастары төрүттэспит Саха АССР үтүөлээх учуутала, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, педагогическай наука кандидата, Чурапчы улууһун уонна улуус Кытаанах нэһилиэгин ытык киһилэрэ.
  • Олунньу 27Иван Павлов (1849 төр.), нуучча физиолога, физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ Нобель бириэмийэтин лауреата (1904).
  • Алтынньы 19Лу Синь (1881 төр.), кытай суруйааччыта, кытай аныгы литэрэтиирэтин төрүттээччи.
  1. Зуев, Ю. Н. Авиация в Якутии : популярный очерк прошлого инастоящего авиации в Якутии / Ю. Н. Зуев, Ю. А.Остапенко, О. П. Бородин. - Якутск : Якутское книжное изд-во, 1985. – С.86.
  2. Төрүт дьарыгы өрө тутан / М. Н. Корякин. – Дьокуускай : Сайдам, 2007. – С.18. Якутия. Хроника. Факты . События. 1632-1990 / Департамент по арх. делу Респ. Саха (Якутия), Нац. арх. Респ. Саха (Якутия) ; [сост. А. А. Калашников ; ред. В. Н. Иванов]. - 2-е изд., доп. - Якутск : Бичик, 2012. – С. 355.
  3. Корякин, М. Н. Төрүт дьарыгы өрө тутан : Чурапчы улууһугар тыа хаһаайыстыбатын сайдыыта / М. Н. Корякин ; [аан тыл авт. Н. Н. Попов]. - Дьокуускай : Сайдам, 2007. – С.19.