iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: https://sah.wikipedia.org/wiki/1907
1907 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

1907

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1903 1904 1905 190619071908 1909 1910 1911
Уоннуу сыллар
1870-с 1880-с 1890-с1900-с1910-с 1920-с 1930-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1907 сыл.

  • Олунньу 9 — Лондоҥҥа "Кирдээх хаамыы" буолбут, Дьахталлар быыбардыыр бырааптарын наассыйалыы сойууһа (NUWSS) тэрийбит бастакы бөдөҥ аахсыйата.
  • Олунньу 25Сабахаттин Алитурок суруйааччыта, бэйиэт, учуутал.
  • Муус устар 7 сыллаахха Күлүмнүүр Саха сиригэр холуобунай буруйдаахтары көскө ыытары утаран, «Якутский край» хаһыакка ыстатыйа таһааттарбыт.
  • Муус устар 10 — Пётр Столыпин Дуумаҕа сир реформатын былаанын кэпсээбит.
  • Муус устар 25 — сахалар култуураларын сөргүтүү туһунан дакылааты Петрограакка национальнай территориальнай учууталлар сойуустарын учредительнай сийиэһигэр Виктор Николаев аахпыт. Кини Байыаннай медицинскэй академия устудьуона эбит. Бу дакылаат кэлин 1916 с. «Якутские вопросы» хаһыакка бэчээттэммитэ.
  • Муус устар 28 — "Якутский край" хаһыат наборщига Алампа Соппуруонап бүтүн олоҕун тапталын Евдокия Яковлеваны ойох ылар. Бу кэмҥэ Алампа сайын аайы Булуҥҥа Кирилэ Дабыыдап балыктыыр биригээтэтигэр суруксуттуур эбит. Эһиилигэр борокуотунан Булуҥҥа чугаһаан иһэн улахан тыалга түбэһэллэр, баарсаҕа тимирэн эрэр дьону быыһыы сылдьан хат дьахтар дэҥнэнэр, онно оҕо куотар. Бу ыал оҕоломмотохторо. Уһулуччулаах бэйиэт элбэх хоһооно Дуунньатыгар анаммыта. Евдокия Константиновна 1971 сыллаахха 80 сааһын туолан баран өлбүтэ.
  • Муус устар 30 — Лондоҥҥа РСДРП V сийиэһэ аһыллыбыт. Большевиктар уонна меньшевиктэр бииргэ ыыппыт тиһэх сийиэстэрэ.
  • Ыам ыйын 10 — Арассыыйа импиэрийэтин миниистирдэрин сэбиэтин бэрэстээтэлэ Пётр Столыпин Госдуумаҕа аатырбыт тылларын эппит: «Эһиги улуу аймалҕаҥҥа дьулуһаҕыт, оттон биһиги — улуу Арассыыйаҕа».
  • Ыам ыйын 23Финляндия Түмэнэ бастакы мунньаҕыгар мустубут.
  • От ыйын 1 (уруккуннан бэс ыйын 18) — Николай Афанасьев диэн саха учууталын аатыгар нууччалыы уонна сахалыы тахсар «Якутский край» — «Саха дойдута» хаһыакка көҥүл бэриллибит. Бу хаһыат Саха сирин аан бастакы легальнай демокрааттыы хаһыата этэ. Бастакы нүөмэрэ от ыйын 14 күнүгэр (уруккунан 1 күнүгэр) тахсыбыта. Сүрүн таһаарааччылар Афанасьев, көскө сылдьар болдьоҕо түмүктэммит эсер Михаил Сабунаев уонна гимназия учуутала В.В. Жаров этилэр. Бастакы эрэдээктэринэн Бүлүүттэн төрүттээх Семен Корякин буолбута. Хаһыаты бэчээттиир массыынаны атыылаһарга үбү атыыһыт Петр Кушнарев уонна Баһылай Никифоров (Күлүмнүүр) биэрбиттэрэ[1].
  • От ыйын 27Кэмпэндээйи тууһун үөрэтэр сыаллаах П. Драверт уонна П. Оленин Дьокуускайтан Сунтаарга экспедицияҕа аттаммыттар.
  • Атырдьах ыйын 31 — Англия, Россия уонна Франция Тройственнай сойуус (Антанта) төрүттээбиттэр
  • Балаҕан ыйын 5 (уруккуннан атырдьах ыйын 23) Күлүмнүүр Саха сиригэр холуобунай буруйдаахтары көскө ыытары утаран "Якутский край" хаһыакка ыстатыйа таһааттарбыт.
  • Ыам ыйын 7 — Владимир Андреев — РСФСР уонна Саха АССР наукаларын үтүөлээх диэйэтэлэ, ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, биология дуоктара, профессор (өлб. 1987).
  • Ыам ыйын 27 — Амма Абаҕатыгар аатырбыт олоҥхоһут, тойуксут Устин Нохсоров. 1938 сыллаахха дьыалаҕа эриллэ сылдьыбыта, баартыйатыттан уһуллубута. Буруйа дакаастаммакка хаайыыттан тахсыбыта, ол эрээри бүтэһиктээх реабилитация 1992 сыллаахха эрэ оҥоһуллубута (1951 с. өлб.).


  1. Н.Е. Афанасьев. О дореволюционных газетах, в которых я принимал участие. — Рукописный фонд ЯФ СО АН СССР. Отдел истории, оп. 40, д. 1. — С. 1 — 2