Ыам ыйын 8
Тас көрүҥэ
Ыам ыйын 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 128-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 129-c күнэ). Сыл бүтүө 237 күн баар.
Бырааhынньыктар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аан дойду сорох дойдулара бүгүн Кыайыы Күнүн бэлиэтииллэр
- Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый хамсааһынын Аан дойдутааҕы күнэ. Бу 97 мөлүйүөнтэн тахса кыттааччылаах хамсааһын күнүн аан бастаан 1946 сыллаахха Кыһыл Кириэс уопсастыбатын төрүттээбит Жан-Анри Дюнан төрөөбүт күнүгэр бэлиэтээбиттэрэ. Быйылгы бэлиэтээһин ыҥырыыта "Киһи буол"
- ХНТ — Иккис аан дойду сэриитин сиэртибэлэрин өйдүүр уонна ахтар күннэртэн биирдэстэрэ
- Армения — Еркрап күнэ
- Англия — Фэрри күнэ — Корнуолл графствоҕа друидтар саҕаттан бэлиэтэнэр сааскы күн
- Миэксикэ — Идальго күнэ, Миэксикэ дьоруойун Мигель Идальго төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
- Норвегия — Босхолонуу эбэтэр Бэтэрээн күнэ
- АХШ, Миссури штаат — Трумэн күнэ
- Соҕуруу Кэриэйэ — Төрөппүт күнэ
- Чехия — Кыайыы күнэ
- Украина — Өйдөбүнньүк уонна эйэлэһии күнэ (укр. День пам'яті та примирення)[1]
- ФРГ — нацистар диктатураларыттан Босхолонуу күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Б.э.и. 453 сыл — Цзиньян аттынааҕы кыргыһыы бүтэн Цзинь судаарыстыбатын икки күүстээх ыалын иирсээннэрэ түмүктэммит: Чжаолар Чжилэри кыайбыттар.
- 589 — Испанияны баһылаан олорор вестготтар хоруоллара Реккаред I Толедо үһүс собуорун (мунньаҕын) арыйбыт. Бу мунньах кэнниттэн вестготтар арианствоттан католичествоҕа көспүттэрэ.
- 1713 — Санкт-Петербург Арассыыйа киин куората буолбут.
- 1794 — Францияҕа улахан террор кэмигэр нолуок хомуйааччынан үлэлээбит айылҕаны чинчийэр учуонай Антуан Лавуазье таҥнарыахсыт аатыран Парижка сууттаммыт уонна гильотиналаммыт. Лавуазье аныгы химия төрүттээччитинэн ааҕыллар.
- 1895 — Кытай Тайвань арыыны Японияҕа биэрбит.
- 1945 — Европа орто кэминэн 22 чаас 43 мүнүүтэҕэ (Москубаҕа уонна Дьокуускайга хайыы үйэ ыам ыйын 9 күнэ этэ, Москубаҕа түүн, Дьокуускайга — сарсыарда) Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аактаҕа илии баттаммыт (ССРС өттүттэн Жуков илии баттаабыта). Бу дьиҥэр, капитуляция туһунан иккис докумуон этэ. Бастакы аакта Францияҕа биир хонук иннинэ ыам ыйын 7 күнүгэр баттаммыта (ССРС-тан генерал Суслопаров илии баттаабыта), икки докумуон тиэкистэрэ уонна усулуобуйалара сүнньүнэн сөп түбэһэллэрэ, ол эрээри бастакыны Сталин сөбүлээбэтэҕэ, капитуляция Германияҕа бэйэтигэр буолуохтаах, уонна илии батааччылар сололоро өссө үрдүк буолуохтаах диэн модьуйбута, союзниктар сөбүлэспиттэрэ.
- 1945 — Саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
- Ньурба Бэстээҕиттэн төрүттээх Василий Халанников Латвияҕа кыргыһыы кэмигэр икки ньиэмэһи тыыннаахтыы тутан наҕараадаҕа түһэриллибит. Бу саллаат 1944 сыллаахха "Кыым" хаһыакка бэчээттэммит сурук ааптардарыттан биирдэстэрэ.
- 1953 — Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Аан дойдутааҕы күнэ аан бастаан бэлиэтэммит. Бу күн Кыһыл Кириэс тэрилтэтин 1863 сыл олунньутугар тэрийбит Швейцария уопсастыбаннай диэйэтэлэ Анри Дюнан (1828—1910) төрөөбүт күнүгэр олохтоммут.
- 1980 — ВОЗ уоспа ыарыы аан дойдуга суох буолбутун туһунан биллэрбит.
- 1990 — Эстонияҕа дойду тутулуга суоҕа чөлүгэр түһэриллиитин туһунан сокуон ылыллыбыт, онон Эстония ССРС-тан тахсыбыт. Бу өрөспүүбүлүкэ сүбүрүнүтүөтү өссө 1988 сыллаахха сэтинньи 16 күнүгэр биллэрбитэ, ол эрээри Сэбиэскэй Сойуустан тахсыбакка олорбута.
- 2007 — Мүрү оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Алина Сторожева ууга өлөн эрэр дьахтары мууһунан сыыллан киирэн быыһаабыта.
- 2012 — Греция Олимпия куората Дьокуускай куорат доҕордуу куората буолар.
- 2019 — Любовь Борисова туруорбут "Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт" диэн аар-саарга аатырбыт сахалыы уус-уран киинэтэ аан бастаан көстүбүт.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1828 — Жан-Анри Дюнан (1910 өлб.) — Швейцарияҕа төрөөбүт Кыһыл Кириэс уопсастыбатын төрүттээччи. 1859 сыллаахха Италия Сольферино куоратын аттыгар биир өттүттэн австриецтар, иккис өттүттэн французтар уонна итальянецтар ыккардыларыгар буолбут кыргыһыы кэнниттэн 40 тыһыынча кэриҥэ саллаат бааһырбытын көрөн улаханнык долгуйбут. Кыргыһыы буолбут сирин тула олорор дьону (үксүн оҕолору уонна дьахталлары) "Дьон бары биир төрүттээхтэр" диэн тылларынан тэрийэн элбэх киһини быыһаабыт. Кэлин сэрии кэмигэр хайа да диэки буолбат тэрилтэ бааһырбыт дьоҥҥо көмөлөһүөхтээҕин туһунан кинигэ суруйбута, онтон түөрт сыл буолан баран Кыһыл Кириэс уопсастыбатын төрүттээбитэ.
- 1924 — Николай Тарскай (1962 өлб.) — Саха Сиригэр физкультураҕа күргүөмнээх хамсааһыны төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу сайдарыгар сүҥкэн өҥөнү оҥорбут киһи, 1955—1959 сылларга Саха АССР спорткомитетын салайааччыта.
- 1963 — Елизавета Потапова — тыйаатыр уонна киинэ артыыһа.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1794 — Антуан Лавуазье (1743 төр.), Франция учуонайа, аныгы химияны олохтооччу.
- 1873 — Дьон Стюарт Милл, Британия, бөлүһүөк.
- 1903 — Поль Гоген (1848 төр.), французскай живописец, постимпрессионизм биир сүрүн бэрэстэбиитэлэ.
- 1932 — литэрэтиирэ кириитигин, «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» уопсастыбалар чилиэннэрэ буола сылдьыбыт Бороҕон улууһун II Лөгөйүттэн төрүттээх Василий Леонтьевы Иркутскай куоракка 37 сааһыгар ытан өлөрбүттэрэ (1895 төр.).
|