iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: https://sah.wikipedia.org/wiki/Химия_элемена
Химия элемена — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Химия элемена

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Химия ууһуктарын периодтаах таабыла

Химия ууһуга (элемена) диэн атом көрүҥэ, атом нүөмэринэн быһаарыллар, ол аата үөскэҕэр баар протон ахсаанынан. Бу термин өccө оччо протоннардаах, атомнартан турар сэги көрдөрөр. Элеменнар биллэр холобурдара тимир, алтан, үрүҥ көмүс, кыhыл көмүс, уулук, харыалык, азот уонна абалык. 2016 сыл туругунан 118 ууһук баара биллэр, олортон 94 ууһук айылҕаҕа үөскүүллэр, 24 ууһугу дьон синтезтаан таһаарбыта. 80 ууһук бигэ изотоптаах. Химия ууһуга химия холбоһугуттан уратыта диэн ууһугу ханнык да химия хардатынан судургу сэктэргэ хайыппаккын. Үөскэххэ баар протон ахсаана ууһук саҥын быһаарар, кинини атом нүөмэринэн көрдөрөллөр. Биир атом нүөмэрдээх атомнар бары биир ууһук атомнара буолаллар. Кудай куйаар барион материятын барытын кэриэтэ химия ууһуктардаах. Араас ууһуктар химия хардатынан саҥа холбоһуктарга уларыйаллар. Бу холбоһуктар химия ситиминэн холбоһоллор. Аҕыйах ууһук айылҕаҕа холбоһук буолбатах син ыраас туруктаах көстөр (холобур, көмүс уонна үрүҥ көмүс). Атын ууһуктар Сиргэ үксүн холбоһук уонна булкаас курдук көстөллөр. Салгын сүрүннээн азот, абалык уонна аргон булкаастара, манна эбии харыалык диоксида уонна уу холбоһуктара эмиэ бааллар. Дьон химия ууһуктарын түҥ былыргыттан булан тутталлара. Бастакынан харыалык, күкэр, алтан, көмүс айылҕа минералларын булбуттара. Бу ууһуктары наардыыр санааттан төрүт ууһук уонна алхимия курдук торумнар үөскээбиттэрэ. Химия ууһуктарын аныгылыы наардааһынын 1869 сылга нуучча химига Дмитрий Менделеев айбыта. Бу наардааһын ньымата периодтаах таабыл дэнэр. Бу таабыл ууһуктары улаатар атом нүөмэрдэринэн кэккэлиир (периодтар), бу кэккэлэргэ баар баҕахтар (бөлөхтөр) хатыланар (периодтаах) физика уонна химия саҥнардаахтар.