iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: https://sah.wikipedia.org/wiki/От_ыйын_23
От ыйын 23 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

От ыйын 23

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

От ыйын 23 диэн Григориан халандаарыгар сыл 204-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 205-c күнэ). Сыл бүтүө 161 күн баар.

  • Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ — Дуоҕа күнэ
  • Индонезия ИндонезияОҕо күнэ[1]
  • Соҕуруу Осетия Соҕуруу Осетия — Суруналыыс күнэ[2]
  • Эгиипэт Эгиипэт — Өрөбүлүүссүйэ күнэ (1952)
  • Папуа — Саҥа Гвинея Папуа — Саҥа Гвинея — Дойду сэриигэ өлбүттэри өйдөөн-санаан ааһар күнэ
  • Оман Оман — Барҕарыы күнэ. Кабус бин Саид аль Саид 1970 сыллаахха былааска кэлбит күнүгэр бэлиэтэнэрэ. 2020 сыллаахха тохсунньуга өлбүтүн кэнниттэн олунньуга бу күнү бэлиэтэммэт буолла диэн биллэрбиттэрэ.
  • 1840 — Британия Канаадаҕа бэйэтэ салайынар сир стаатуһун биэрэрин туһунан биллэрбит.
  • 1851 — Тохсунньу 1 күнүттэн (саҥа ааҕыыннан 1852 сыл тохсунньу 13 күнүттэн) Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэттэн араарыллыахтааҕын туһунан быһаарыныы ылыныллыбыт: "Саха уобалаһын салайыы туһунан" балаһыанньа бигэргэммит. Сыл аҥаарынан Саха уобалаһын бастакы күбүрүнээтэрэ ананан кэлбит.
  • 1867 — Арассыыйаҕа Туркестааннааҕы генерал-губернаторство олохтоммут.
  • 1901 — ньиэмэс бырааһа Роберт Кох бубоннаах чумааны кырыысалар тарҕаталлар диэн түөрүйэтин дьоҥҥо билиһиннэрбит.
  • 1903 — Ford Motor Company бастакы массыынатын «модель А» атыылаабыт.
  • 1914Австро-Венгрия Сербияҕа эрцгерцог Франц Фердинанды ким өлөрбүтүн билэргэ ультиматум түһэрбит. Сербия ультиматуму сүнньүнэн ылыммыт, биир эрэ ирдэбилин толорор кыаҕа суоҕун эппит. Онон от ыйын 28 күнүгэр Австрия сэриини биллэрбитэ, Аан дойду бастакы сэриитэ саҕаламмыта.
  • 1918 — Омскайдааҕы бырабыыталыстыба Сибиир тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1923 — ВЦИК уурааҕынан Лаамы уеһа Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн араарыллан Камчаатка уобалаһыгар бэриллибитэ.
  • 1928 — Абаҕаҕа олорбут Михаил Корниловы - Мээнчэ уолун балыырга түбэһиннэрэн 58 ыстатыйаннан буруйдаан хаайбыттар. Нөҥүө күнүгэр ойоҕо төрдүс оҕотун оҕоломмут. Ону ол диэбэккэ дьахтары Өлүөхүмэ хаайыытыгар укпуттар. Мээнчэ уолун бэйэтин биэс сылга уураахтаан ыраах Соловецкай лааҕырга ыыппыттар. Онтон Финляндияҕа күрээбитэ.
  • 1942 — Ньиэмэстэр "Эдельвейс" диэн Азербайджан ньиэбин былдьыыр соруктаах Хапхааска кимэн киирэр эпэрээһийэлэрэ саҕаламмыт. Бу күн "Хапхаас аана" диэн ааттаммыт Ростов-на-Дону куораты ылбыттар. Атырдьах ыйыгар Европа саамай үрдүк чыпчаалыгар Эльбруска былаах анньыбыттар. Ол эрээри соруктарын сиппэтэхтэрэ, Сталинград кыргыһыытыгар хотторон баран көмүскэниигэ көһөргө күһэллибиттэрэ, Малгобек уонна Владикавказ куораттарга тохтообуттара. 1943 сыллаахха уһуннук барбыт позиционнай кыргыһыылар кэннилэриттэн чугуйан барбыттара.
  • 1950 — Москубатааҕы Щепкин аатынан театральнай институукка саха студията аһыллыбыт.
  • 1957 — Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы олохтоспут Иван Строд буруйа суоҕунан реабилитацияламмыт. 1937 сыл атырдьах ыйын 19 күнүгэр сууттаабыттара, терроризмҥа күтүрээбиттэрэ уонна ол күн ытан өлөрбүттэрэ.
  • 1959 — Дьокуускай 2-с оскуолатын бүтэрбит 22 оҕо (14 кыыс, 8 уол) Мииринэй куораты тута "хомсомуол путевкатынан" барбыттар. Кинилэри арыаллаан 10 "б" кылаас салайааччыта Зоя Миндиярова барсыбыт, олохторун буллартаан баран биирдэ төннүбүт. Учуутал эрдэттэн оччотооҕу Мииринэй "баһылыгын" Тихоновтыын ситимнэһэн, оҕолору бастаан оробуочай идэлэргэ үөрэтэллэрин ситиспит. Дьиктитэ диэн бу оҕолор, өссө тохсуска үөрэнэ сылдьан кылааһынан "Тайшет-Абакаан" тимир суолу тутууга бараары гыммыттара бастаан үбэ көрүллүбэккэ, онтон тутуу тохтоон барбатахтар эбит[3]. Бу кылааска бары сахалар үөрэммиттэр, үгүстэрэ тыаттан төрүттээхтэр эбит (оскуола оччотооҕу дириэктэрэ Роман Поскачин бу оскуолаҕа элбэх саха оҕотун түмэн үөрэттэрбитэ биллэр). Бу эдэр дьон Мииринэйи тутууга, алмааһы хостооһуҥҥа 2 сыл үлэлээбиттэрэ, онтон балтараа сылын баллааккаҕа олорбуттара. Сорохторо кэлин эбии үөрэнэн баран Мииринэйгэ салгыы үлэлээбиттэрэ.
  • 1974 — Грецияҕа «хара полковниктар» диктатураларын суох гыммыттар.
  • 1992 — Абхазия Үрдүкү Сэбиэтэ дойду Грузияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 2018Греция Аттикатыгар тыаҕа баараҕай уот турбута, 102 киһи өлбүтэ. Бу Грецияҕа сиэртибэтин ахсаанынан XXI үйэҕэ саамай улахан, оттон аан дойдуга иккис уот туруута этэ (бастакы 2009 сыллаахха Австралияҕа буолбута, 180 киһи өлбүтэ).
  • 1792 — Пётр Вяземскай (1878 өлб.) — нуучча бэйиэтэ уонна литэрэтиирэ кириитигэ, устуорук, тылбаасчыт, публицист. Пушкин атаһа.
  • 1912 — (эргэ истиилинэн от ыйын 10) — Нам улууһун Хатыҥ Арыытыгар Павел Кугаевскай төрөөбүт (10.12.1964 өлб.) — РСФСР уонна Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала.
  • 1925 — Ньурбаҕа Аммосовка сэлиэнньэтигэр Николай Самсонов төрөөбүт — филология хандьыдаата, СГУ профессора, Духуобунас Академиятын чилиэнэ, Аҕай дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа (2012 с. өлб.)
  • 1938Валериан Васильев — график-худуоһунньук, Ойуунускай аатынан Саха АССР бириэмийэтин лауреата
  • 1645 — Михаил Фёдорович — Романовтар династияларыттан бастакы нуучча ыраахтааҕыта. Бу ыраахтааҕы саҕана Саха сиригэр хаһаактар кэлбиттэрэ, элбэх остуруок тутуллубута.
  • 1875 — Айзек Меррит Зингер — АХШ айааччыта, киэҥник тарҕаммыт иистэнэр массыына оҥорбут киһи.
  • 1916 — Уильям Рамзай — Англия хиимигэ, аргон, криптон, ксенон уонна неон инертнай гаазтары арыйбыт учуонай, Нобель бириэмийэтин 1904 сыллааҕы лауреата.
  • 1926 — Виктор Васнецов (1848 төр.) — нуучча худуоһунньуга уонна архитектора. Устуоруйаҕа уонна фольклорга олоҕуран суруйбут хартыыналарынан биллэр.


  1. ru.qwe.wiki/wiki/Children's_Day
  2. В Южной Осетии отметили День журналиста
  3. Н. А. Крылов, Е. Э. Егорова Оҕолорбун көрөн олус да үөрбүтүм // Кинилэр дьоллорун Мииринэйгэ уһаммыттара : ахтыылар. — Дьокуускай. — С. 21. — 176 с. — 100 экз.