iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: https://sah.wikipedia.org/wiki/Көр-күлүү
Көр-күлүү — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Көр-күлүү

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Көр-күлүү диэн туохха барытыгар чэпчэкитик, оонньуу курдук сыһыаннаһыы ааттанар.

Саха дьонун санааларыгар туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх. Ити быһаарыы көргө-күлүүгэ эмиэ сыһыаннаах. Күлүү-үөрүү киһиэхэ өйүн-санаатын сынньатар, аралдьытар буолан, аһара барбатаҕына, олус туһалааҕынан ааҕыллар. Дьону кытта сыһыаҥҥа элэккэй, эйэҕэс буолуу киһиттэн барытыттан көрдөнөр наадалаах хаачыстыба буолар.

Россия киин бэчээтэ барыта, араас көрдөөх анекдоттарынан, кэпсээнэринэн толору. Бу кэпсээннэргэ киһи оҥорор араас быһыыларыттан, өлөрүүлэригэр, сииллэригэр-аһыылларыгар тиийэ кэпсииллэр, ордук дьон олохторугар туох тиийбэтин, суоҕун булан ырыталлар.

Саха дьоно былыргыттан киһи өйө-санаата туруктаах буоларын туһугар куһаҕан, өлөрөр-алдьатар тыллары олус элбэхтик хатылаан туттары боболлор этэ. Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан куһаҕан тыллары тыллаһыы, олус элбэхтик хос-хос хатыланар буоллаҕына, киһи ийэ кутугар мунньуллан, үгэс буолан ууруллар. Киһи өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥмит өйдөбүл хаһан да умнуллубат гына дириҥник иҥэр уонна хаһан баҕарар, киһи ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн хааллаҕына, туттуллан хаалыан сөп диэн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар.

Туохха барытыгар көр-күлүү курдук сыһыаннаһар буолуу, киһиэхэ көтүмэх буолууну үөскэтэр. Тугу да сыаналаабат, туохха да холообот буолуу үөскээн барыыта дьон бэйэлэрин олохторун ситэ сыаналаабат, үлэҕэ-хамнаска киһилии сыһыаннаспат буолууларыгар тириэрдэр.

Саха дьоно оҕолорун кыра эрдэхтэринэ: «Куһаҕан тыллары букатын тылласпат баҕайы»,- диэн үөрэтэ сатыыллар. Көр-күлүү да курдук куһаҕан тыллары олус элбэхтик туттар буолуу өйү-санааны уларытар. Үлэ-хамнас куһаҕанын, ыараханын, туох да туһата суоҕун туһунан көр-күлүү кэпсээннэрэ эдэр дьону үлэттэн тэйитэллэр, чэпчэки үлэни, харчыны эрэйэ суох була сатааһыннарын үөскэтэллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ туох билбитин-көрбүтүн барытын үгэс оҥостон өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн иһэрэ ордук күүстээх. Саха дьоно ону арааран билэр буоланнар оҕону кыра эрдэҕинэ чиҥник, үчүгэй быһыылары оҥорор буолууга туһаайан үөрэтэри туһалааҕынан ааҕаллар.

Билигин сорох дьон ССРС үрэллиитигэр Ю. Никулин олоҕу күлэр, сэтэриир анекдоттара ордук күүстээх оруолу ылбыттара диэн этэллэрэ оруннаах. Ол анекдоттары хас биирдии киһи истэн-билэн, олох ханна сыыһалардааҕын арааран билэр буолбутуттан перестройка хамсааһына саҕаламмыта саарбаҕа суох. Советскай кэм олоҕо үгүс дьон көрдөбүллэригэр сөп түбэспэт буолбута билигин билиниллэн турар.

Дьон олохторо бэйэлэрин кыахтарыгар сөп түбэспэтэ элбэх анекдоттар үөскээһиннэригэр тириэрдэр. Кинилэр бэйэлэрин кыахтарынан олохторун уларытар кыахтара суоҕа, бу олоҕу күлүү-элэк гыныыларыгар үтүрүйэр. Социализм кэмигэр үөскээбит анекдоттар киһи, салайааччы майгына уларыйыытын ордук чаҕылхайдык арыйаллар. «Задняя дверь магазина» хаһан, кимиэхэ анаан арылларын быһаарыы элбэх анекдоттарга кэпсэнэллэр этэ.

Көр-күлүү кэпсээннэрэ төһө даҕаны улахан дьону сэргэхсиппиттэрин, олохторун ыараханын кылгас бириэмэҕэ умуннарбыттарын иһин, саҥа улаатан, өйдөрүн-санааларын тута илик оҕолор истэллэригэр аналлара суохтар.

Үгүс көр-күлүү кэпсээннэр арыгы, наркотик куһаҕан өрүттэрин арыйалларын оннугар, үчүгэй өттүгэр эргитэн таһаараллар. (1,112).

Чэпчэки санаалаах эдэр дьон күлүүнү-көрү көнөтүнэн, хайдах истэллэринэн өйдүүллэрин уонна ылыналларын ким да саарбахтаабат. Оҕо лаппа улаатан, өйүн-санаатын туттаҕына биирдэ эрэ улахан дьон күлэн этиилэрин нэһиилэ таба өйдүүр буолар.

Олоҕу, үлэни-хамнаһы күлүү гынар кэпсээннэри оҕо элбэхтик иһиттэҕинэ, бэйэтэ улаатан баран туһалаах үлэнэн дьарыктанарыгар ыарахаттар үөскүүллэр. Кини өйүгэр-санаатыгар үлэ куһаҕанын, туһата суоҕун, хамнас кэлбэтин туһунан өйдөбүллэр иҥэн хаалбыттара аны кэлэн бэйэтэ үлэлээри гыннаҕына улаханнык мэһэйдииллэр. Билиҥҥи кэмҥэ эдэрдэр үксүлэрэ үлэ-хамнас куһаҕанын туһунан анекдот кэпсээннэри итэҕэйэннэр кыайа-хото үлэлээбэттэрэ биһиэхэ тарҕаммыта ситэ ааһа илик. Үлэлэммит үлэттэн туох эмэ туһа тахсара киһиэхэ бары өттүнэн барытынан, хамнаһынан кэлэн аһынан-таҥаһынан билиннэҕинэ, тылынан этиллэн, араас кэпсээннэринэн, анекдоттарынан киирэн үчүгэйэ лаппа билиннэҕинэ, итэҕэйилиннэҕинэ киһи ордук кыайа-хото үлэлиирэ быһаарыллыбыта өр буолла.

Үлэни-хамнаһы, олоҕу көргө-күлүүгэ кубулутуу улахан дьоҥҥо наадалаах, өйү-санааны сынньатарга аналланар буоллахтарына, оҕолорго, эдэрдэргэ улахан буортулаах өттүнэн дьайаллар. Көр-күлүү олус элбээн барыыта ханнык баҕарар дьыалаҕа дьалаҕайдык сыһыаннаһары үөскэтэн, эдэрдэри соннук майгыга үөрэнэн хаалалларын үөскэтэр. Kэлэр көлүөнэлэр бу олоҕу сөбүлээбэт, күлүү гынар буолууларын үөскэтэн, кинилэр уларытан саҥалыы олоххо дьулуһууларын таһаарар. (2,25).

Туһаныллыбыт литература

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

1. Анекдоты наших читателей. Вып. 4. Библиотека для чтения «Студенческого меридиана». Москва; 1994.- 254 с.

2. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. - Дьокуускай: Триада, 2003. - 76 с.