iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: https://sah.wikipedia.org/wiki/Балаҕан_ыйын_7
Балаҕан ыйын 7 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Балаҕан ыйын 7

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Балаҕан ыйын 7 диэн Григорий халандаарыгар сыл 250-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 251-c күнэ). Сыл бүтүө 115 күн баар.

  • Байыаннай оонньууру суох гынар күн. Аан дойдуга 1988 сыллаахтан Тулаайах уонна төрөппүтэ суох хаалбыт оҕолорго көмөлөһөр ассоциация көҕүлээһининэн бэлиэтэнэр.
  • Дюшенн миодистрофиятын туһунан кэпсээһин күнэ. Бу генетика ыарыытынан уолаттар эрэ ыалдьаллар, икки-үс саастарыгар биллэн барар, охто сылдьар буолаллар, сыыйа тайахтаар хаамар, онтон хаампат буолаллар. Сөпкө эмтэннэҕинэ өр олоруохтарын сөп.
  • 1191Ричард I баһылыктаах крестоносецтар Саладин сэриитин Арсуф аттынааҕы кыргыһыыга кыайбыттар.
  • 1654Бразилияттан үүрүллүбүт дьэбириэйдэр Саҥа Амстердаамҥа (билигин Нью-Йорк) олохсуйан барбыттар.
  • 1763Англия хоруола Георг III Канааданы иччилииргэ ыҥырыы таһаарбыт.
  • 1776 — Подводнай лодка бастакы атааката: американецтар «Чараппаахы» диэн ааттаах подлодкалара Нью-Йорк аттыгар дьаакырга турар Британия «Хотой» диэн флагман хараабылыгар чаһыылаах миинэ туруора сатаабыт.
  • 1792запорожецтар Тамань тумул арыыга аалларынан устан олохсуйа кэлбиттэр. Икки сыл иһигэр Захарий Чепега атамааннаах 25 тыһыынча хаһаак олохсуйбут, 40 станица олохтообут, киин сэлиэнньэлэрин Екатеринодар диэн ааттаабыттар.
  • 1812 — Бородино кыргыһыытыгар Москубаҕа кимэн киирэн иһэр Франция аармыйата уонна Арассыыйа аармыйата күөн көрсүспүттэр. Манна икки өттүттэн 250 тыһыынчаттан тахса киһи кыттыбыт, онтон 50 тыһыынчаттан тахса киһи өлбүт. Кыргыһыы чопчу түмүгэ суох буолбут. Бу аан дойду устуоруйатыгар биир күннээх кыргыһыылартан саамай улаханнара.
  • 1822Бразилия Португалияттан тутулуга суоҕун биллэрбит.
  • 1851 — Саха уобалаһыгар аан бастакы губернатор, действительнай статскай советник, кавалер Константин Григорьев анаммыт. «Об управлении Якутской областью» Саха уобалаһын Иркутскай уобалаһыттан араарар балаһыанньа бу сыл от ыйын 11 күнүгэр бигэргэтиллибит эбит. Онон Саха сирэ губерния бырааптаах туспа уобалас быһыытынан тохсунньу 1, 1852 (ахсынньы 20 1851) сыллаахха буолбут.
  • 1902 — Дьокуускайга реальнай училищеҕа бастакы революционнай куруһуок үөскээбитинэн ааҕыллар. Куруһуогу Н. Родионов диэн Өлүөхүмэттэн сылдьар 6-с кылаас үөрэнээччитэ тэрийбит. Салайааччынан Игорь Будилович диэн көскө ыытыллыбыт Москубатааҕы университет устудьуона буолбут.
  • 1923 — Дойдулар ардыларынааҕы холуобунай полиция организацията — Интерпол — тэриллибит.
  • 1928 — Өрөспүүбүлүкэҕэ бастакы улуус хаһыата "Алданский рабочий" хаһыат бастакы нүөмэрэ тахсыбыт. Бастаан кини Алдан уокуругун хаһыата этэ (улуус таһымыттан арыый үрдүк). Бастакы нүөмэрэ Томмокко тахсыбыта, сэтинньигэ эрэдээксийэ уокурук салалтатын батыһан Незаметнай бириискэҕэ көспүтэ, 1930 сыллаахха оройуон хаһыатын статуһун ылбыта. Өрөспүүбүлүкэҕэ улуус таһымыгар иккис хаһыатынан 1931 сыллаахха Бүлүүгэ тахсыбыт "Колхоз суола" буолар[1].
  1. Свитич Л.Г., Сидоров О.Г., Смирнова О.В. Улусные (районные) газеты Республики Саха (Якутия): социологическое исследование. — Новосибирск: Наука, 2017. — С. 9. — 140 с. — 350 экз. — ISBN 978-5-02-038726-3