iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: https://sah.wikipedia.org/wiki/Алтынньы_1
Алтынньы 1 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Алтынньы 1

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алтынньы 1 диэн Григориан халандаарыгар сыл 274-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 275-c күнэ). Сыл бүтүө 91 күн баар.

  • Б.э.и. 331Александр Македонскай Персия ыраахтааҕытын Дарий III сэриитин быһаарыылаах Гавгамела кыргыһыытыгар кыайбыт. Кыргыһыы байыаннай ускуустуба уһулуччулаах холобурдарыттан биирдэстэрэ. Бу кыргыһыы кэнниттэн ол саҕанааҕы аан дойду дьонун ахсаанын аҥаарын баһылаан олорбут Ахеменидтар судаарыстыбалара (билиҥҥи Греция, Ливия, Эгиипэт, Хапхаас, Сиирийэ, Ииндийэ уо.д.а. сирдэринэн тайаан сыппыт) ыһыллыбыта.
  • 1550Уордаах Уйбаан Москубаҕа уонна кини тулатыгар тыһыынча «сулууспалаах дьону» олордор туһунан ыйаах тааһарбыт, онон Арассыыйаҕа идэтийбит аармыйа баар буоларыгар олук уурбут.
  • 1787Днепр өрүс дельтатыгар баар нууччалар олорор Кинбурн (туурактыы "мурун" диэнтэн) кириэппэстэрин туурак сэриилэрэ кыайан ылбатахтар. Кириэппэс көмүскэниитин Александр Суворов салайбыта, кыргыһыы кэмигэр бааһырбыта, билиэҥҥэ түбэһэ сыспыта, кини анныгар икки аты өлөрбүттэрэ.
  • 1847Германияҕа «Siemens» хампаанньа төрүттэммит. Бу хампаанньаҕа сыһыаннаах инновациялар: стрелкалаах телеграф, динамо-масыына, Атлантиканы туоруур телеграф лиинийэтэ, трамвай, троллейбус, электровоз, истэр аппарат, импланнанар кардиостимулятор, сыыппара АТС уо.д.а.
  • 1927Дьокуускайга Содур ыарыыларын эмтиир (венерология) диспансер аһыллыбыт.
  • 1928Сэбиэскэй Сойууска бастакы биэс сыллаах былаан (пятилетка) саҕаламмыт. Бу былаан чэрчитинэн элбэх баараҕай бырайыактар олоххо киирэннэр аграрнай дойду индустриальнайга кубулуйбут.
  • 1935 — Өлөөн культбазатыгар кииннээх Өлөөн оройуона тэриллибит. Оройуон састаабыгар Анаабыр оройуонуттан Дьилиндэ, Кирбэй, Өлөөн, уонна Мэгэдьэк оройуонуттан Солоҕоон сэбиэттэрэ киирбиттэрэ.
  • 1943 — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Фёдор Попов Глушец диэн дэриэбинэ аттыгар өстөөх уотун аннынан биир бастакыннан Днепр өрүһү туораан тахсыбыт. Өстөөх траншеяларыгар бастакынан ыстанан тиийэн илиинэн охсуһуу кэмигэр пулеметтарын былдьаабыт. Бу охсуһууга 23 ньиэмэс саллаатын уонна эпиһиэрин охторбут. Салгыы уонунан ааҕыллар өстөөхтөр хос атаакаларын төттөрү охсубут. Уотунан өйөөн бэйэтин подразделениета өрүһү туоруурун хааччыйбыт.
  • 1945Нюрнберг куоракка Нюрнберг Улахан суута түмүктэммит. Суут биир сыл кэриҥэ 1945 сыл сэтинньи 20 күнүттэн үлэлээбитэ, Германия нацистарын сууттаабыта. Бу "улахан" суут кэнниттэн Нюрнберг хас да "кыра" сууттара буолбуттара.
  • 1949 — Кытайга хомуньуустар гражданскай сэриигэ кыайан Кытай Норуотун Өрөспүүбүлүкэтин олохтообуттар.
  • 1964Дьоппуоҥҥа «Синкансэн» диэн түргэн пуойастар сырыылара аһыллыбыт. Маҥнай кинилэр Токио уонна Осака куораттар ыккардыларыгар сүүрбүттэр.
  • 1969 — Конкорд сөмүлүөт аан бастаан дорҕоон түргэнин куоһарбыт.
  • 1971 — «Уолт Дисней Дойдута» (Диснейуорлд) диэн ааттаммыт аан дойдуга саамай улахан көр-нар киинэ Флоридаҕа, Орландо куорат аттыгар аһыллыбыт.
  • 1971 — Бастакы көмпүүтэр томограбын көмөтүнэн ыарыһаҕы көрбүттэр.
  • 1997 — сэбиэскэй пааспары Арассыыйа пааспарыгар уларытыы саҕаламмыт.
  • 2017Каталонияҕа тутулуга суох буолуу туһунан референдум буолбут. Бу референдуму Испания Конституциятын суута сокуоннайа суоҕунан быһаарбыта.
  • 1912Лев Гумилёв — былыргы түүрдэр, хунну, хазар уо.д.а истиэп омуктарын устуоруйаларын чинчийбит учуонай, бөлүһүөк, бэйиэт. Кини аатынан Казахстан Нур-Султаныгар универститет ааттаммыта.
  • 1928 — Михаил Дьячек — тутааччы, Вилюйгэсстрой СМУ монтажниктарын биригэдьиирэ, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
  • 1937 — Илья Макаров — саха омугун сайдыытыгар көскө кэлбит дьон сабыдыалын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата, ССРС култууратын туйгуна.
  • 1964 — Афанасий Максимов — “Якол”, "Илин", “Илин Тур” тэрилтэлэри төрүттээччи урбаанньыт, СӨ бэлиитигэ, Ил Түмэн II, III, IV ыҥырыыларын дьокутаата, Дьокуускай куорат дууматын III ыҥырыытын дьокутаата, 2003-2008 сылларга “Саханефтегаз” ННГК ААО бэрэсидьиэнэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин авиациятын үтүөлээх үлэһитэ.
  • 1995 — Дмитрий Максимов (12.05.1933 төр.) — тыйаатыр устуоруйатын чинчийбит учуонай, искусствоведение билимин хандьыдаата.
  • 2018Шарль Азнавур (1924 төр.), эрмээн төрүттээх аатырбыт француз ырыаһыта, ырыа айааччы, артыыс.