iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: https://sah.wikipedia.org/wiki/Александр_III
Александр III — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Александр III

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Александр III — 1881 сылтан 1894 сылга дылы Арассыыйа императора.

Ыраахтааҕылаан олорбут кэмин туһунан

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]

Кини баһылаан олорбут кэмигэр Арассыыйа урукку ыраахтааҕы уларыта тутуутун кэнниттэн историческай пауза ылбыта диэн сыаналанар. Сорохтор ону ааһан реакция кэмэ диэн сыаналыыллар. Бу кэми «Контрреформалар эпохалара» диэн ааттаабыттара.

1880-с сылларга куурс уларыйыыта Александр III уонна кини дьонун бэлиитикэҕэ сыалларынан быһаарыллар буолбакка, террористар дьайыыларынан быһаарыллар (Александр II-у өлөрүүттэн саҕалаан). Саҥа ыраахтааҕы Либерааллар уонна консерватордар ыккардыларыгар кылгастык саараан баран консерватордары талбыта. Ис дьыала миниистирэ М. Т. Лорис-Меликов конституциятын бырайыага ыраах «ууруллубута» (бу бырайыак Арассыыйаҕа Парлаамены киллэриэхтээх этэ).

Ыраахтааҕыны өлөрүүнү уопсастыбаннас ыраахтааҕы бэйэтэ наһаа «либерааллаан» «хараҥа күүстэри» босхо ыыппытыттан тахсыбыт курдук санаабыта, онон саҥа ыраахтааҕыттан «бэрээдэги олохтооһуну» күүппүтэ.

1881 сыл муус устар 29 күнүгэр ыраахтааҕы манифест таһаарбыт. Манна күүстээх былаас олохтонуохтааҕын бигэргэтэр уонна нуучча интэриэһин көмүскүүр туһунан этэр. Онтон бу сыл атырдьах ыйын 14 күнүгэр ылыныллыбыт «Судаарыстыба куттала суох буолуутун уонна уопсастыба чуумпуруутун хааччыйар миэрэлэр тустарынна балаһыанньаҕа» губернаатардарга киэҥ былааһы биэрбитэ. Ол курдук губернаатардар хаһыаттары сабар, атыы-эргиэн уонна промышленность тэрилтэлэрин, үөрэх тэрилтэлэрин үлэлэрин тохтотор, земстволары уонна куорат дуумаларын үлэлэрин быстах кэмҥэ тохтотор бырааптаммыттара. Бу балаһыанньа 1917 сыллаахха дылы үлэлээбитэ.

Контрреформа саамай сүрүн дьайыытынан олохтоох салайыныыны утарбыта буолар. Земство тойонунан дворянин эрэ буолар кыахтаммыта, земство судаарыстыбаттан тутулуктаах буолбута. Куорат бэйэни салайыныыта судаарыстыба сулууспатыгар кубулуйбута. Политикаҕа сыһыаннаах дьыалалары суут сабыылаах режимҥэ көрөр буолбута.

Устудьуоннар көҥүл санаа биир сүрүн источнига буолалларын быһыытынан 1884 сыллааҕы устаабынан университеттар автономиялара көтүллүбүтэ. Преподавателлэри Үөрэх миниистирэ эрэ бигэргэтэр бырааптаммыта. Үөрэх министиэристэбэтэ анаабыт киһитэ — попечитель — декааннары аныыр кыахтаммыта, үөрэҕи уонна устудьоннары, преподавателлэри кэтиир кыахтаммыта[1].

Дьиҥэр, убайа цесаревич Николай ыалдьан өлүөр диэри, ол аата сүүрбэ сааһыгар диэри, байыаннай сулууспаҕа бэлэмнэммит. Убайа сэлликтэн өлбүтүн кэннэ, аҕата киниэхэ цесаревич аатын иҥэрэр. Балтараа сыл буолан баран 1866 сыллаахха убайыгар анаммыт кыыһы Дания принцессатын Дагмараны ойох ылбыта. Дагмара православиеҕа көһөн Мария Федоровна диэн ааттаммыта. Бастакы уоллара Николай II диэн аатынан Арассыыйа Импиэрийэтин салайбыта, тиһэх импэрээтэрэ буолбута.

  1. Современная школьная энциклопедия. Российская история. Москуба, Росмэн, 2008