iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: http://sah.wikipedia.org/wiki/1945_сыл
1945 сыл — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

1945 сыл

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1941 1942 1943 194419451946 1947 1948 1949
Уоннуу сыллар
1910-с 1920-с 1930-с1940-с1950-с 1960-с 1970-с
Үйэлэр
XIX үйэXX үйэXXI үйэ

1945 сыл.

  • Кулун тутар 1Аан дойдутааҕы харчы пуондата тэриллибит.
  • Кулун тутар 2 — Саха АССР Совнаркомун 233 № уурааҕынан Дьокуускайдааҕы уус-уран училище тэриллибитэ. Тэрийиини Саха норуодунай худуоһунньуга Петр Романов көҕүлээбитэ.
  • Кулун тутар 10 — Дьааҥы маҥнайгы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэриилэһэ сылдьар Илья Попов дьонугар Германияттан бу күн суруйбут суругар Саха Сирин Совнаркомун бэрэссэдээтэлэ Илья Винокуровтан дьикти истиҥ уонна сиһилии суругу туппутун сөҕөн суруйбут. Ол сурукка өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Попов аҕата өрөбөлүүссүйэҕэ сыһыаннааҕын, убайа чиэһинэй большевигын ахтыбыт, өрөспүүбүлүкэ уонна Дьааҥы олоҕун кэпсээбит. Ону таһынан билэр дьонноро тугу гыналларын, куоракка төһө дьиэ тутуллубутун сиһилии суруйбут эбит. Ол суругу дьонугар ыытыах буолбутун, ону бомбалааһыҥҥа түбэһэн туох баар малын кытта күдэҥҥэ көппүтүн кэпсээбит. Попов суруктара Верхоянскай куорат түмэлигэр харалла сыталлар.
  • Кулун тутар 22Эгиипэт Каирыгар Араб Лигата тэриллибит.
  • Кулун тутар 24 — сэрии иннинэ Алдан бириискэлэригэр үлэлээбит бүлүмүөччүк Семён Достоваловка, Якокут уот ситимин ыстаансыйатыгар силиэсэрдээбит, тааҥка хамандыыра Михаил Космачёвка, Алдан бириискэлэригэр үлэлээбит, Дьокуускайга тутууга үлэлээбит, аармыйаҕа сапердаабыт сержант Егор Шавкуновка уһулуччу хорсун быһыыларын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрбиттэр. Үһүөн бу иннинэ сэриигэ өлбүттэр. Дьокуускайга сэрии иннинэ уонна кэннэ милииссийэҕэ, холуобунай ирдэбилгэ үлэлээбит тааҥка батальонун хамандыыра Валентин Павловка эмиэ бу күн Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аатын иҥэрбиттэр. Бу киһи хас да уһулуччу ситиһиилэрин иһин, ол иһигэр хамаандалыыр батальона 300 массыыналаах ньиэмэс холуоннатын генералы кытта билиэн ылбытын иһин, тааҥкалартан бастакынан Одер өрүһү туораабытын иһин кэккэ уордьаннарынан наҕараадаламмыта.
  • Кулун тутар 25 — Заливальде диэн нэһилиэнньэлээх пуун иһин кыргыһыыга лейтенант Кайгородов хамаандалыыр взвода өстөөх 4 пулеметун эспит, уонтан тахса өстөөҕү кыдыйбыт, 5 өстөөҕү билиэн туппут. Хорсун быһыытын иһин Нам улууһуттан төрүттээх Василий Кайгородов иккиһин Кыһыл Сулус уордьанынан наҕараадаламмыт.
  • Кулун тутар 26 — Аан дойду иккис сэриитэ: Иводзима кыргыһыыта түмүктэммит.
  • Кулун тутар 29Аан дойду иккис сэриитэ: Англияҕа бүтэһик Фау-1 ракеталар эстибиттэр.
  • Кулун тутар 29 — Аан дойду иккис сэриитэ: ньиэмэс 4-с аармыйатын Сэбиэскэй аармыйа урусхаллаабыт.
  • Кулун тутар 30Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй сэриилэр Австрияҕа киирбиттэр, Венаны ылбыттар. Ону таһынан Польша уонна ССРС сэбилэниилээх күүстэрэ Данциг куораты босхолообуттар.
  • Муус устар 2 — Хоенштейн диэн нэһилиэнньэлээх пууну ылар иһин кыргыһыыга Тааттатан сылдьар Дмитрий Петров өстөөх пулеметтаах дзотугар ыга сыыллан тиийэн, гранаталарынан тамнаан суох гынар, батальон кыайыытын хааччыйар, бааһыран да баран сэрии хонуутуттан тахсыбат. Бу хорсун быһыытын иһин Албан аат уордьан I истиэпэнигэр түһэриллэн, уордьан толору кавалера буолар.
  • Муус устар 5Сэбиэскэй Сойуус Японияны кытта 1941 сыллаахха кулун тутар 13 күнүгэр түһэрсибит саба түспэт туһунан сөбүлэҥин суох гыммыт (денонсация).
  • Муус устар 5Ааллаах Үүнтэн сэриигэ ыҥырыллыбыт сержант Юрий Калашников Австрия киин куоратыттан Венаттан 10 км соҕуруулуу-арҕаа турар, Медлинг куораттан соҕуруу хайысхаҕа, пехота байыастарын кытта алта муостаны миинэлэртэн ыраастаабыта. Тус бэйэтэ 50-н тахса танканы эһэр миинэлэри уонна 15 атын миинэни уһулбута. Отделениетын салайан, гвардия сержана Калашников Гумпольдскирхен — Медлинг щоссеҕа алта, фугастарынан бөҕөргөтүллүбүт, баррикадалары көтүрэн, Австрия Медлинг куоратыгар биир бастакынан киирбиттэр. Бу хорсун быһыытын иһин Калашников бастакы Албан Аат уордьанынан наҕараадаламмыта. Сарсыныгар уонна биир нэдиэлэ иһигэр Вена куорат аттыгар өссө элбэх миинэлэри ыраастаан, уонна куоракка сэриилэһэн 3 өстөөҕү тус бэйэтэ өлөрөн иккис Албан Аат уордьанын ылбыта. Сэрии кэнниттэн 1949—1954 сс. Саха АССР Чульман бөһүөлэгэр милиция Тимптон оройуонун салаатын оперуполномоченнайынан үлэлээбитэ.
  • Муус устар 6Кёнигсберг куораты ылыы саҕаламмыт.
  • Муус устар 9 — маршал Василевскай сэриилэрэ Илин Пруссия киинин Кенигсберг куораты сэриилээн ылбыттар. Комендант Отто Ляш куорат капитуляциялаабытын туһунан аактаҕа илии баттаабыт. Бу уоттаах кыргыһыыга саха буойуттара кыттыыны ылбыттара.
  • Муус устар 11
    • Бухенвальд лааҕырын хаайыылаахтарын АХШ сэриилэрэ босхолообуттар
    • «Джугджурзолототранс» үлэлии сылдьан сэриигэ ыҥырыллыбыт сапер Юрий Калашников Вена Донау-каналын бастакынан туораабыт, 37 пехотаны эһэр миинэлэри көтүрэн, миинэлэммит хонууга ааһар суолу хааччыйбыт. Бу хорсун быһыытын иһин иккис Албан аат уордьанынан наҕараадалммыт.
  • Муус устар 12 — өлүөн 6 хонук иннинэ сапердар взводтарын хамандыыра Бодойботтон төрүттээх саха уола Петр Тихонов бииргэ үөрэммит кыыһыгар аатырбыт артиллерист Протодьяконовы көрсөн, куустуһан, кыратык иһэн ааспыттарын суруйбут. Бу суруга «Социалистическая Якутия» хаһыакка 1982 с. бэчээттэммитэ.
  • Муус устар 13 — 2-с уонна 3-с Украинскай фроннар уонна Болгария сэриилэрэ Вена куораты ылбыттар.
  • Муус устар 17 — капитан Николай Чусовской хамаандалыыр батальона, өстөөх күүстээх утарсыытын самнаран, Зелов куорат (Берлинтэн илин) соҕуруу-илин өттүн ылбыт. Сатабылын уонна хорсун быһыытын иһин Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
  • Муус устар 22 — Кыһыл аармыйа бастакы чаастара Берлиҥҥэ аан бастаан киирбиттэр, Берлини штурмалааһын бэлэмнэниитэ саҕаламмыт.
  • Муус устар 24 — Ньурбаттан төрүттээх СГУ учуонайа Николай Самсонов балтыларыгар суруйбут суругар: «Манчжурияҕа сылдьабын, орто оскуола таһымынан үөрэниэн баҕалаахтар бойобуой уонна политическай бэлэмнэнии кэнниттэн үөрэниэхтэрин сөп диэн ыйыы кэллэ. Мин үөрэнэр санаалаахпын, а. э. 8—10 кылаастар матырыйаалларын хатылыыр» — диэбит. Санаттахха, бу дьоппуоннары утары сэриигэ кыттыан иннинэ Николай Георгиевич арҕаа фроҥҥа сэриилэспитэ.
  • Муус устар 25
    • Эльба өрүскэ Торгау аттыгар сэбиэскэй уонна АХШ аармыйалара үөрүүлээх көрсүһүүлэрэ буолбут.
    • Хотугу Италияны босхолуур кэмитиэт ньиэмэс оккупациятын утары өрө турарга ыҥырбыт.
    • Сан-Францискоҕа буолбут кэмпириэнсийэҕэ Холбоһуктаах Наассыйлар Тэрилтэлэрин олохтуур туһунан быһаарыы ылыныллыбыт.
    • Ньиэмэс тиһэх чаастара Финляндия Лапландиятыттан чугуйбуттар.
  • Муус устар 28Берлииҥҥэ Рейхстаагы ылыы саҕаламмыт.
  • Муус устар 29 — Дахау концлааҕыр босхоломмут.
  • Муус устар 30 — сапер, Албан аат уордьанын толору кавалера Ааллаах Үүн оскуолатын бүтэрбит Юрий Калашников Венаны ылыыга хорсун быһыытын иһин иккис Албан аат уордьанын ылбыт.
  • Ыам ыйын 2Аан дойду иккис сэриитэ: Сэбиэскэй Сойуус Берлини ылбытын туһунан биллэрбит.
  • Ыам ыйын 2 — Бүрээт-Монгол АССР-ын Совнаркома ыам ыйын 2 күнүгэр Эбилгэ дацаанын тутар туһунан уураах таһаарбыт. Санаттахха 30-с сыллартан буддизм ССРС-ка бобуулаах этэ.
  • Ыам ыйын 5 — Голландияҕа баар ньиэмэс сэриилэрэ капитуляциялаабыттар.
  • Ыам ыйын 5 — Прагаҕа ньиэмэстэри утары өрө туруу саҕаламмыт, Нуучча босхолуур аармыйатын 1-кы пехотнай дивизията бу өрө турууну өйөөбүт.
  • Ыам ыйын 7 — Францияҕа союзниктар Германия капитуляциятын ылыммыттар (ССРС аатыттан генерал Суслопаров баттаабыта), ол докумуоҥҥа суруллубутунан капитуляция Европа орто кэминэн ыам ыйын 8 күнүгэр киэһэ 23.01 мүнүүтэҕэ олоххо киириэхтээҕэ. Бу кэмҥэ Москубаҕа ыам ыйын 9 күнэ түүн 1 чаас 01 мүнүүтэ буолуохтаах этэ. Ол эрээри, Сталин эйэни түһэрсии Германияҕа бэйэтигэр буолуохтаах, уонна аактаҕа атын үрдүк сололоох дьон илии баттыахтаахтар диэн модьуйбута. Союзниктар сөбүлэспиттэрэ, ол эрээри Европа дойдулара уонна АХШ сарсыныгар киэһэни кэтэспэккэ эрэ Европа орто кэминэн күнүс үс чаас саҕана эйэ түһэрсиллибитин туһунан бэйэлэрин дойдуларыгар биллэрбиттэрэ (эрдэ барбыт информацияны тохтотор кыахтара суоҕа), оттон Сэбиэскэй Сойууска бу туһунан Информбюро 9 чыыһылаҕа биирдэ биллэрбитэ. Капитуляция туһунан иккис аактаҕа ССРС-тан Жуков илии баттаабыта, уоту тохтотуу кэмэ уруккутунан хаалбыта. Онон Кыайыы күнэ Европа дойдуларыгар уонна АХШ-ка ыам ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр, оттон урукку ССРС дойдуларыгар — ыам ыйын 9 күнүгэр.
  • Ыам ыйын 8 — Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аактаҕа илии баттаммыт.
  • Ыам ыйын 8 — Саха саллаата Донской Феодосий Рейхстаг таастарыгар сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
  • Ыам ыйын 8 — Европа орто кэминэн 22 чаас 43 мүнүүтэҕэ (Москубаҕа уонна Дьокуускайга хайыы үйэ ыам ыйын 9 күнэ этэ, Москубаҕа түүн, Дьокуускайга — сарсыарда) Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аактаҕа илии баттаммыт (ССРС өттүттэн Жуков илии баттаабыта). Бу дьиҥэр, капитуляция туһунан иккис докумуон этэ. Бастакы аакта Францияҕа биир хонук иннинэ ыам ыйын 7 күнүгэр баттаммыта (ССРС-тан генерал Суслопаров илии баттаабыта), икки докумуон тиэкистэрэ уонна усулуобуйалара сүнньүнэн сөп түбэһэллэрэ, ол эрээри бастакыны Сталин сөбүлээбэтэҕэ, капитуляция Германияҕа бэйэтигэр буолуохтаах, уонна илии батааччылар сололоро өссө үрдүк буолуохтаах диэн модьуйбута, союзниктар сөбүлэспиттэрэ.
  • Ыам ыйын 8 — Саха саллаата Феодосий Донской Рейхстаг эркинигэр сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
    • Ньурба Бэстээҕиттэн төрүттээх Василий Халанников Латвияҕа кыргыһыы кэмигэр икки ньиэмэһи тыыннаахтыы тутан наҕараадаҕа түһэриллибит. Бу саллаат 1944 сыллаахха "Кыым" хаһыакка бэчээттэммит сурук ааптардарыттан биирдэстэрэ.
  • Ыам ыйын 9 — Танковай рота хамандыыра Дмитрий Оллонов сэриилэспит танковай полката Прага куоракка бастакыннан тоҕу көтөн киирбит. Түүлээх нэһилиэгэр төрөөбүт уол 1932 сылтан Кыһыл аармыйаҕа сулууспалаабыта, өссө 1939 сыллаахха Халхин Голга хорсуннук сэриилэһэн Кыһыл Знамя уордьанын ылбыта.
  • Ыам ыйын 12Новосибирскайга Опера уонна балет тыйаатыра аһыллыбыт.
  • Ыам ыйын 13 — штурмовик сөмүлүөккэ сулууспалаабыт таба ытарынан биллибит стрелок-радист Иннокентий Колесов эдьиийигэр Суоттуга сурук суруйбут, Кыһыл Сулус, Албан Аат III степеннээх уордьаннарынан уонна «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмытын кэпсээбит. Аҕыйах хонон баран кыргыһыыга өлбүт.
  • Ыам ыйын 31 — батальонун сатабыллаахтык хамаандалааһынын, өстөөхтөрү кытта кыргыһыыларга хорсун быһыытын иһин Ньурбаттан төрүттээх гвардия капитана Николай Чусовскойга Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун аата иҥэриллибитэ.
  • От ыйын 5 — Советскай армияҕа сэрии бүппүтүнэн демобилизация саҕаламмыт.
  • Сэтинньи 16ЮНЕСКО төрүттэммит — Холбоһуктаах Нациялар үөрэххэ, билимҥэ уонна култуураҕа тэрилтэлэрэ (ааҥл. UNESCO; United Nations Educational, Scientific, and Cultural Organization). Тэрилтэ сүрүн сыала-соруга - аан дойдуга эйэни уонна куттал суох буолуутун үөрэх, билим уонна култуура сайдыытын көмөтүнэн хааччыйыы. Дойдулар үөрэҕэ суох буолууну утары охсуһууларын, босхо үөрэхтээһини өйүүр, санаа уонна билии атастаһар киин курдук үлэлиир.
  • Ахсынньы 15Америка Дьоппуону оккупациялыыр кэмигэр генерал Дуглас МакАртур дьаһалынан синто итэҕэлэ Дьоппуон судаарыстыбаннай итэҕэлэ буолан бүппүт.
  • Сэтинньи 12Георгий Родионов — муосчут, ювелир, СӨ норуодунай худуоһунньуга, РФ үтүөлээх худуоһунньуга, СӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, педагогика билимин хандьыдаата.
  • Ахсынньы 28 — Таатта улууһугар Мария Рахлеева — худуоһунньук, Арассыыйа үтүөлээх худуоһунньуга, СҺ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ, Арассыыйа ойуулуур-дьүһүннүүр академиятын бочуоттаах академига, АГИИК бэрэпиэссэрэ.
  • Тохсунньу 6 — Владимир Вернадскай — учуонай, геохимия, биогеохимия, радиогеология үөрэҕин саҕалааччыта, биосфера, кини киhи дьайыытыттан ноосфераҕа (ол аата өй сфератыгар) кубулуйуутун уонна эволюциятын туһунан үөрэх айааччыта, Украина Билим Академиятын бастакы бэрэсидьиэнэ.
  • Тохсунньу 21Владимир Татаринов — ырыаһыт, СӨ норуодунай артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа, Нам улууһун Ытык киһитэ.