iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.
iBet uBet web content aggregator. Adding the entire web to your favor.



Link to original content: http://sah.wikipedia.org/wiki/Муус_устар_22
Муус устар 22 — Бикипиэдьийэ Иһинээҕитигэр көс

Муус устар 22

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус устар 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 112-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 113-c күнэ). Сыл бүтүө 253 күн баар.

  • 1500Португалия эскадрата кэлин Бразилия кытыла буолбут сиргэ аан бастаан тиксибит.
  • 1529 — Сарагосатааҕы сөбүлэҥинэн Испания уонна Португалия илиҥҥи эҥэлэйи икки аҥыы хайыппыттар: Молук арыыларыттан 297,5 лиига (1250 км эбэтэр 780 миилэ) илин сытар дьураанан.
  • 1809 — Экмюль аттынааҕы кыргыһыы иккис хонугар Наполеон баһылыктаах Франция аармыйата Австрия аармыйатын үлтүрүтэн Дунаай уҥуор үүрбүт.
  • 1832 сыл — Николай I ыраахтааҕы бочуоттаах гражданин туһунан Манифест таһаарбыт. Дворяннартан атын сословияҕа киирэр дьоҥҥо бу сыбаанньа иҥэриллэр этэ. Саха сириттэн, холобур, атыыһыт Яков Санников бочуоттаах гражданин аатын ылбыт эбит.
  • 1915Аан дойду бастакы сэриитин кэмигэр Ипр өрүс аттыгар хлор гааһын өстөөҕү утары кыргыһыыга туттубуттар. Бу хиимийэ сэрии сэбин аан дойдуга бастакы туттуу буолбатах этэ, ол эрээри сэриилэһэ сылдьааччыларга уонна аан дойдуга барытыгар даҕаны маннык сэрии сэп кыаҕын көрдөрбүтэ.
  • 1922 сыл муус устар 22 күнүгэр Дьокуускайга хомуньуус баартыйа бюротун бөрөсүүдьүмүн мунньаҕар Саха уобалаһа мантан инньэ Аптанымыйалаах Социалистыы Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэ буоларын туһунан Манифест ылыныллыбыта. Бу иннинэ 1920 сыллаахха Сибиирдээҕи кыһыл былаас быһаарыытынан Саха сирэ бастаан Иркутскай уобалас оройуона буола сылдьыбыта. Онтон бу намыһах статуһу уонна кыһыл террору сөбүлээбэккэ Саха сиригэр утарсыы үөскээбитин иһин (онтон сүрүннэрэ альтернативнай бырабыыталыстыба — ВЯОНУ — тэриллиитэ), түмүгэр, Саха сирэ бастаан төттөрү уобалас аатын ылбыта, онтон Дьокуускайга бу манифест ылыллан, аҕыйах хоноот муус устар 27 күнүгэр Саха АССР олохтонуутун туһунан Арассыыйа сүрүн былаастара Москубаҕа анал дэкириэт (сокуон) таһаараллар. Онон сибээстээн Сэбиэскэй былааһы утары өрө турбут дьон эйэлээх үлэҕэ көһөр буоллахтарына кинилэргэ амнистия биллэриллибит.
  • 1931 — CCРC Совнаркома сэбиэскэй гражданство туһунан уураах таһаарбыт.
  • 1938 сыллаахха саха биллиилээх устуорук учуонайын Гавриил Ксенофонтовы Москуба чугаһынааҕы Дмитров куоракка үлэлии олордоҕуна «сахалар дьыалаларыгар» П. А. Ойуунускайы кытта тутан ылан хаайбыттара. Ол сыл сайыныгар үспүйүөн диэн сымыйаннан буруйдаан ытан өлөрбүттэрэ.
  • 1945 — Кыһыл аармыйа бастакы чаастара Берлиҥҥэ аан бастаан киирбиттэр, Берлини штурмалааһын бэлэмнэниитэ саҕаламмыт.
  • 1970 — тулалыыр эйгэни харыстыыр бастакы тэрээһин АХШ-ка ыытыллыбыт, кэлин бу тэрээһини ХНТ Сир-Ийэ аан дойдутааҕы күнүнэн биллэрбитэ.
  • 1977Италия Турин куоратыгар төлөпүөн ситимигэр дьэҥкир утах (оптоволокно) аан бастаан киэҥник туттуллубут.
  • 2016 — Аан дойду сылыйыыытын утары көмөлөсүһүү туһунан Парижтааҕы сөбүлэҥ түһэрсиллибит.
  • 571Мухаммед (632 с. өлб.), Меккаттан төрүттээх арааб соҕотох таҥараҕа итэҕэйиини тарҕатааччыта, ислаам сүрүн дьонуттан биирдэстэрэ.
  • 1724Иммануил Кант, ньиэмэс бөлүһүөгэ (1804 өлб.).
  • 1870Владимир Ленин (1924 с. өлб.), Арассыыйа революционера, сэбиэскэй политическай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл.
  • 1899Владимир Набоков (1977 өлб.), Петербурга баай ыалга төрөөбүт, Кырыымҥа, Германияҕа, Францияҕа уонна АХШ-ка олорбут суруйааччы, бэйиэт, литературовед уонна энтомолог учуонай.
  • 1903 — Георгий Туралысов (24.11.1970 өлб.) — саха тыйаатырын ойуулуур ускуустубатын төрүттээбит саха маҥнайгы үрдүк үөрэхтээх худуоһунньуга.
  • 1934 — Петр Аввакумов — суруйааччы, литэрэтиирэни ырытааччы, 1996-2005 сс. «Чолбон» сурунаал сүрүн эрэдээктэрэ.
  • 1942 — Зоя Багынанова — СӨ норуодунай артыыһа, Саха АССР үтүөлээх артыыһа.
  • 1950 — Мария Магатырова — саха живописеһа, CӨ ускуустубатын үтүөлээх диэйэтэлэ. Амма улууһун Өнньүөс сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
  • 1958Лена Керемясова, суруналыыс, ырыаһыт, "Саха" НКИХ продюсера.
  • 1969 — Гаврил Вешников — Баал Хабырыыс (15.04.1918 төр.) — бэйиэт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ. Сорох айымньылара сэриини күөттээччилэри утарыы уонна Аан дойдуга эйэни олохтуурга ыҥырыы ис хоһоонноохтор. Оҕолорго аналлаах элбэх айымньылаах.
  • 1970 — Степан Саввин — Күн Дьирибинэ — суруйааччы уонна тылбаасчыт. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа. Үгэлэри суруйуунан аатырбыта.
  • 1974 — Евграф Крылов — саха живописеһа. "Пейзаж маастара" диэн ааттыыллар.
  • 1996 — Василий Иванов (10.08.1936 төр.) — нуучча сахаҕа сыһыаннаах XVII—XVIII үйэтээҕи докумуоннарын үөрэппит чинчийээччи, устуоруйа билимин дуоктара.