Васильев Георгий Митрофанович
Васильев Георгий Митрофанович (27.12.1908—23.09.1981) — литературовед, кириитик, тылбаасчыт, тыл үөрэҕин хандьыдаата. 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Чурапчы улууһугар төрөөбүт. 1938 сыллаахха Москубатааҕы устуоруйа, бөлүһүһүөпүйэ уонна литэрэтиирэ институтун бүтэрбитэ. 1928 сылтан литэрэтиирэҕэ үлэлээн барбыта. М. Горькай "Песня о Буревестнике", М. Лермонтов "Демон", А. Грибоедов "Горе от ума", А. Пушкин "Памятник", Н. Гоголев "Ревизор", В. Шекспир "Отелло", В. Маяковскай "Хорошо" айымньыларын, Межелайтис хоһооннорун, "Слово о полку Игореве", эбээн поэта Н. Тарабукин "Күнү таптыыбын", о.д.а. айымньылары сахалыы тылбаастаабыта.
Уус-уран тылбаастан ураты Г. Васильев норуот тылынан уус-уран айымньытын хомуйуутунан уонна норуот ырыаһыттарын, талааннаахтарын айымньыларын бэчээттииргэ эмиэ үлэлээбитэ. 1957 сыллаахха С.А. Зверевтиин "айхал эйиэхэ, аар тайҕа" олоҥхо-поэманы суруйан, айан өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ бастакы бириэмийэни ылбыттара.
Г. Васильев кириитик быһыытынан эмиэ биллэр. Кини "Очерки истории якутской советской литературы" уонна "История многонациональной советской литературы" диэн улахан үлэлэргэ кыттыбыта.
Айымньылара:
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Саха народун айымньыта / Хомуйан оҥорбуттара: Г.М. Васильев, Х.И. Константинов. -- Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1942. -- 252 с.
- Норуот ырыаһыттара / Хомуйан оҥордо уонна редакциялаата Г.М. Васильев. -- Дьокуускай: Кинигэр изд-вота, 1997. -- 104 с.
- Айхал эйиэхэ, аар-тайҕа: поэтическай сэһэн / С.А. Зверев, Г.М. Васильев. -- Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1958. -- 48 с.
- Нууччалыы-сахалыы поэтическай тылдьыт. -- Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1976. -- 207 с.
- Якутское стихосложение. -- Якутск: Кн. изд-во, 1965. -- 126 с.
- Очерк истории якутской советской литературы / Г.М. Васильев, Г.У. Эргис, Н.П. Канаев. -- М.: Наука, 1955. -- 196 с.
- Очерк истории якутской советской литературы / Г.М. Васильев и др. Под ред. К.Л. Зелинского. -- М.: Наука, 1970. -- 389 с.
- Живой родник: Об устной поэзии якутов. -- Якутск: Кн. изд-во, 1973. -- 303 с.
Кини туһунан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ефремов Н. Г. М. Васильев олоҥхо хоһоонунан этиитин үөрэтиитэ // Чолбон. -- 1999. -- № 7. -- С. 73-74.
- Сыромятников Г. С. Литературно-художественная критика в Якутии (1939-1975). -- Якутск, 1990. -- 358 с. (72, 76, 110, 170, 222, 249, 269, 284 с.).
- Биобиблиографический справочник Архыыптаммыт 2016, Кулун тутар 4 күнүгэр.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|