1771
Тас көрүҥэ
Сыллар |
---|
1767 1768 1769 1770 — 1771 — 1772 1773 1774 1775 |
Уоннуу сыллар |
1740-с 1750-с 1760-с — 1770-с — 1780-с 1790-с 1800-с |
Үйэлэр |
XVII үйэ — XVIII үйэ — XIX үйэ |
1771 сыл.
Туох буолбута
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Бу сыл Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэ төрүттэммитинэн ааҕыллар. Ити сылга Элгээн (билиҥҥитэ Элгээйи) чосуобунатыгар маҥнайгынан кэриэстэммит Иван Кривошапкин (Ноговицын) - Дьүүл Уйбааҥҥа "алтан" бэчээт (печать родовых управлений) бэриллибитэ, ити кэмтэн ыла Элгээн сэлиэнньэтэ дьыалаҕа Бордоҥ буолаһын быһыытынан киирбитэ, оттон Дьүүл Уйбаан кини кинээһинэн анаммыта.
Олунньу
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Олунньу 2 — Үөһээ Бүлүү 24 саха буоластарын уонна тоҥус кинээстэрэ алтан бэчээт ылбыттар.
Кулун тутар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Кулун тутар 11 — секунд-майор Петр Малтефельцей Саха сирин бойобуодатынан анаммыт. 1773 сыл кулун тутар 13 күнүгэр дылы сулууспалаабыт.
Муус устар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Муус устар 8 — Екатерина II Москубаны суһаллык чумааттан быыһыыр туһунан дьаһайбыт.
- Муус устар 27 — М. Беневскай баһылыктаах Камчатка сыылынайдара өрө турбуттар. Дьаһаах уонна ас ыскылааттарын, «Святой Петр» диэн галиоту былдьаабыттар. Табаардары баһылыктара Беневскэй араспыыскатынан атыылаһаллар эбит. Ол араспыыскаларга Морис Беневскэй бэйэтин «пресветлейшей республики Польской резидент и Ея Императорского Величества Римского камергер, военный советник и регементарь» диэн ааттанар эбит. Кэлин бу дьон икки далайынан устан Францияҕа тиийбиттэрэ. Тиһэҕэр Беневскай Франция икки хоруолугар сулууспалаабыта, Людовик XV сорудаҕынан Мадагаскаар арыыны сэриилээбитэ, олохтоохтор хоруолунан билиммиттэрэ.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Ахсынньы 6 — Джованни Баттиста Морганьи — Италия бырааһа, патология анатомиятын төрүттээччи.